Ньурбаларга кэлэммин ыйытабын:
-Дьоллоох киһи диэн хайдах киһиний?
Улахан а5ам саастаах дьон толкуйга түстэ, сүүстэрэ сирэйдэрэ кытаатта. Арай инники эрээккэ көһөн кэлбит 2 кылааска тахсыбыт Ньургун диэн уол чэпчэки баҕайытык төбөтүнэн эргичиҥнии эргичиҥнии: «Үчүгэй киһи дьоллоох буолар», — диэтэ, хараҕынан чылап чылап гынна. Уонна бэйэтэ туох диэн дириҥ ис хоһоонноох, киэҥ өйдөбүллээх этиини эппитин сэрэйбэккэ хаалла.
Онтон аһара баран ыйытабын өссө, санаалара төбөлөрө сойо иликтэринэ:
-Оччоҕуна үчүгэй киһи диэн хайдах киһиний? ону Ньургун аттыгар олорор уол: «Дьоллоох киһи — уһун олохтоох киһи», — диэбитигэр заалга олорор дьон ытыстарын таһыналлар, астынан «Нооо!» диэн саңа аллайдылар, кыра 7-8 саастаах Ньурба кэскил кэнчээри уолаттарын хайҕыы үөрдүлэр, мичээрдээтилэр.
Маннык Ньурба улууһугар бэркэ ааста лекциям. Кэпсэтии түмүгэр Ньурбалары санааҕа түһэрэн ыыттым: «Саха туох үчүгэйдээҕий?»
Комиссарова Надежда уруһуйа
Еще нет аккаунта?
Замкнутый круг счастья диэ )
круг жизни