Бэҕэһээ, муус устар 3 күнүгэр, Сунтаар улууһугар икки микро-оптуобус харсыһыытын түмүгэр, биир киһи суорума суолланна, 14 киһи эчэйдэ. Ол дьонтон сэттэтэ балыыһаҕа киирдэ.
Суол быһылаана киэһэ 19 чаас саҕана Бүлүүлүүр суол 1041 км буолла. Саха сиринээҕи ГИБДД иһитиннэрэринэн, «Соболь» массыына утары балаһаҕа тахсан, «Тойота Хайс» микро-оптуобуска кэлэн түспүт. Харсыһыы түмүгэр «Соболь» массыынаны ыытан испит 64 саастаах суоппар тута тыына быстыбыт.
https://sakha-sire.ru/suntaarga-suol-byhylaanygar-biir-kihi-elle-14-kihi-echejde/
Еще нет аккаунта?