ЭДЬИИЙ НАСТАА
САХА АЛААҺЫН ИЭЙЭХСИТЭ…
Бу тылларга тус бэйэбэр биир үтүө киһи мөссүөнэ тута көстөн кэлэр. Ол, норуот тапталлаах ырыаһыта,ырыа айааччы Анастасия Николаевна Варламова- Саха республикатын норуодунай артыыската, » Аҕам алааһа» диэн саха дьоно гимн оҥостубут ырыаларын автора.
Чахчыта даҕаны, Анастасия Варламова аҥардас ити биир ырыанан даҕаны үйэлээх өйдөбүлгэ сылдьыа этэ.
Биһиги ыал санаа киллэрэммит, Лэбийэ алааска хатыҥ чараҥ быыһыгар «Аҕам алааһа» ырыаҕа анааммыт, арыллан турар кинигэ моһуонугар көмүс буукубуларынан ырыа тылларын мрамор тааска суруйтаран оҥотторбуппут. Аймах дьоно олус үөрэн, астынан саба түһэн көмөлөспүттэрэ.
Хата биһиги дьолбутугар Эдьиийбит Настаа сахатын дьонугар үгүс элбэх, сүрэҕи манньытар, дууһаны таарыйар ис киирбэх, хас биирдии саха олоҕор баар дьэдьэннээх оҕо сааһын, охсуллубут отун сытын, күүтэр-ахтар ыһыаҕын туһунан уостан түспэт ырыалары айан хаалларбыта. Аны нууччалыы хас да ырыалардаах.
Кини ырыаларын тыллара киһиэхэ олус чугастар.
«Туос тууйастар» диэн ырыатын киһи эрэ долгуйа ыллыыр. Хайдах сэриигэ аймана атааран, эрэнэ күүтэ хаалбыт дьон туһунан хараххар барыта тыыннаах көстүү буолан ааһар.
Сылы быһа ыарахан ыарыыга ылларан да сыттар, Эдьиий Настаа норуотун дьиҥ истиҥ тапталын толору иҥэринэн барбыта дии саныыбын.
Кини Медцентр диализнай отделениятын быраастарын уонна истиҥ табаарыстарын, аймахтарын уонна кини талааныгар сүгүрүйээччилэрин чахчы да махталлаах сыһыаннарын билбитэ.
Ити сытан, хата тыыннааҕар народнай артыыс үрдүк аатын ылан толору дьолломмута. Онуоха олук уурсубут кэпсэтиибит туоһута мин бэйэм буолабын. Чахчы да өрүттүбэт ыарыыга ылларбытын билэр киһи быһыытынан, биирдэ көрсө тиийбиппэр эттэ:
«Оо, мин быраатым ( Сөдүөтү эппитэ) президент буолара буоллар, миигин сарсыҥҥытыгар народнай артыыска оҥоруо этэ,»- диэбитэ.
Биллэн туран, мин Сөдүөппэр илдьити тиэрдээппин кытта, Сөдүөт онно тута ол механизмы хамсатан барбыта. Маныаха тустаах дьонордуун кэпсэтии, сөптөөх докумуоннары кэмигэр суһаллык оҥорулла охсорун хонтуруолга ылбыта. Сыһыаннаах дьон бука бары да үөрүүнэн ылсаннар, ити процедура суухайдык оҥоһуллубутун санаабар, биһиги бары Эдьиий Настаа иннигэр иэспитин төлөөһүн курдук ылыммытым.
Мин Эдьиий Настаа ити сытар кэмигэр күннэтэ билсэр этим. Бэйэм бииргэ төрүөбүтүм кэриэтэ сыһыаннаах буолбуппут.
Настаа олус түүллээх-биттээх этэ. Биирдэ тиийбиппэр эттэ: «Ээ,мин быраатым Россияттан тахсыаҕа,бөлүүн түһээтэхпинэ үрүҥ кумааҕы кэллэ дии-дии»-,илиитинэн кумааҕыны тэлимнэтэрдии туттубута.
Ити түүлэ илэ туолан, аҕыйах сылынан Сөдүөт Госдума депутата буолан,күн бүгүҥҥэ диэри биһиги ыал Москваҕа олордохпут.
Настаа чугастык саныыр дьонун барыларын эдьиийим, балтым, быраатым, убайым диирэ.
Биһиги ыал Эдьиий Настаалыын чахчы да олус истиҥник санаһан ааспыппыт. Онон, Анастасия Варламова икки ырыата биһиги аймахха анабыл буолан сылдьарыттан дьоллонобут.
Аан бастаан Сөдүөтү кытта билсиһиитэ өссө сэбиэскэй союзпут бүтэһик күннэрин кэмигэр, Сөдүөт Москваҕа оччолорго АОН при ЦК КПСС аспирантуратыгар үөрэнэ сылдьан, Үрдүкү Сэбиэт депутатыгар кандидатынан туран, быыбар агитациятын кэмигэр буолбута.
Кэнсиэртиир биригээдэҕэ сылдьан, хас да сырыыга арай Сөдүөт Тумусов диэн эдэр киһи олус хорсуннук саха норуотун инникитин туһунан этинэрин бэрткэ сэргээн истибитим диирэ. Ырыа айааччы киһи, хоһооннор хомуруунньуктарын илдьэ сылдьар эбит. Онно поэт Василий Саввин » Киһи» диэн хоһооно бу уолга барсыыһы ээ диэн, матыып айан кэбиспит этэ.
Иккис ырыата «Сэрии тулаайаҕа» диэни Сөдүөт ийэтигэр анаабыта. Ити ырыа тыллара эмиэ мэҥэ тааска үйэтитиллэн, анал бары сэрии тулаайахтарыгар анаан үйэтитиллэрин биһиги ыал олоххо киллэрэммит, Үөһээ Бүлүүгэ киирэр айан суолун кытыытыгар, Ийэбит Балбаара Алексеевна 9 саастаах кыыс аҕатын сэриигэ атааран арахсыбыт суолларын тоҕойугар үйэтитиллэн турар. Эдьиий Настаа Балбааралыын эрдэ медцентрга биир кэмҥэ сытан билсибиттэр этэ. Онтон салгыы олус иһирэх сыһыан үөскээн, итинник олус киһини эрэ уйадытар тыллардаах ырыа айыллыбыта.
Онон даҕаны, биһиги Анастасия Николаевна аатын үйэтитиигэ кыахпыт баарынан үлэлэһэбит.
Биир сылыгар » Саха алааһын иэйэхситэ» диэн ааттааммыт дьоһун ахтыы кинигэтин таһаарбыппыт. Икки төгүл кини ырыаларыгар анал күрэстэри ыыппыппыт.
Тус бэйэбэр Эдьиий Настаа анал бэлэҕэ, боруонсаттан кутуллубут Далбар Хотун хобочоон баар. Ол эмиэ туспа кэпсээннээх. Билигин кэмэ кэлэн, бэйэбин кытта наар илдьэ сылдьабын. Силигин ситэрэн, оҥоһуллубут сиригэр Питерга илдьэммин анал сиэр-туом оҥорон иччилээбитим, Баайаҕаҕа илдьэммин Мандар Уус анабыл алгыһын иҥэрбитэ, Өлүөнэ очуостарыгар илдьэ тахсаммын сүрүн күүһүрдүбүтүм. Харама хайатын иччилээх күүһүттэн бэриһиннэрбитим. Ол күн, онтон олус дьикти өрүс тааһын булбутум. Олох биэрэккэ тахсаат,атаҕым анныттан наһаа диэн чочуонайдык чочуллан оҥоһулубут курдук,мин ытыһым иһигэр батар дүҥүр моһуоннаах, кэлин өттүгэр былаайаҕа чуо бааччы ойууламмыт, биир өттүттэн көрдөххө тоҥустуҥу бэргэһэлээх эр киһи сирэйэ моһуоннаах бэрт дьиктилээх тааһы булбуппун эмиэ олох илдьэ сылдьабын.
Сиһилии соҕустук, уон сыллааҕыта таһаарбыт » Олох таҥара бэлэҕэ» 2013с. кинигэбэр уонна » Саха алааһын иэйэхситэ» 2007с. кинигэҕэ булан ааҕыаххытын син.
Онон, Эдьиий Настаа -Анастасия Николаевна Варламова мин тус олохпор олус диэн дириҥ уонна истиҥ өйдөбүлү хаалларбыт биир маанылаах киһим буолар. Баара буоллар бүгүн 75 саастаах бэлиэ тэрээһинигэр мин хайаан да ыллыам этэ, кини ырыатын.
Еще нет аккаунта?