Бүгүн биир бассаап-бөлөххө Үөһээ Бүлүүгэ буолбут сугулаан туһунан тоҕо кэпсээбэккит диэн ыйыппыттарыгар бабат-татат диэтим. Кылгастык эттэххэ, төрүт тыл туругар анаммыт улуус уопсастыбаннаһын мунньаҕа бэрт үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Барыта 300-тэн тахса киһи 21 нэһилиэктэн кэлэн кытынна. Дьокуускайтан, Хаҥаластан ыҥырыылаах ыалдьыттар бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.
Оттон арыый тэнитэн кэпсээтээтэххэ маннык. Уһуйаан иитээччилэрэ, учууталлар, бибилэтиэкэрдэр эрэ буолбакка, төрөппүт кэмитиэттэрэ, нэһилиэктэр баһылыктара, солбуйааччылара бааллар.
Дьон, мин көрдөхпүнэ, саха саҥата баһылаан олорор улууһа буолан буолуо, уоскулаҥнар, тыл туругар улаханнык аймамматтар эбит.
Ол эрээри, оҕо тылы оччо-бачча билбэт буолуута, улам атын тылга көһүүтэ баарын олохтоох чинчийээччилэр ырылхайдык көрдөрдүлэр.
Бу бэйэтигэр хорсун быһыы дии санаатым, биир өттүнэн нэһилиэги барытын кэрийэн 23 оскуола сүүһүнэн оҕотун кытта кэпсэтиэххэ диэтэххэ сыаннан аҕаабат, иккиһинэн, тылга турук мөлтөҕүн аһаҕастык этии, билинии — туһунан кыахтаах эрэ улуус кыайар суола. Үөһээ бүлүүлэр «улууспут аатын киртитимиэҕиҥ, түһэн биэримиэҕиҥ» диэн сымыйа угаайылаах санааннан салайтарбыттара буоллар, бу чинчийии ыытыллыа, түмүгэ мунньахха аһаҕастык кэпсэниэ суох этэ.
Онон былырыын Үөһээ Бүлүүгэ Ийэ тыл сылын баһылык Владимир Поскачин биллэрбитэ уонна көхтөөхтүк ыыппыта үчүгэй түмүктээх, туһалаах буолбута отой саарбахтаммат.
Сүрүн түһүлгэни алгыһынан, хомус дьүрүскэнинэн уонна улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Семен Михалев эҕэрдэ тылларынан астылар. Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэстээтэлэ Феодосия Габышева тыл этиитигэр сахалыы үөрэнэр оҕолор статистикалара үчүгэй курдук эрээри, сыыппара араастаан хомуйулларын билиниэхтээхпит диэтэ. Сэбиэскэй кэмҥэ Саха АССР оскуолаларыгар сахалыы үөрэтиини чөл хаалларбыт Николай Иванович Шарин ытык аатын аҕынна. Улуус үөрэҕин салаатын салайааччыта Спиридон Борбуев саха тылын чаастара аҕыйаабыт кыһалҕатыгар болҕомто тарта. Бу мантан тахсыбыт кэпсэтии түмүгэр чаас бастаан кырдьык аҕыйыы сылдьыбыт буоллаҕына, кэлин Ил Дархан дьаһалынан ол үөһэттэн көннөрүллүбүтүн, аны оскуолалар бэйэлэрэ чаастарын элбэтэр үлэ ыытыахтаахтара көстөн кэллэ.
Пленарнай мунньах таһынан сэттэ түһүлгэннэн тарҕанан кэпсэтии буолла. Бибилэтиэкэрдэр, төрөппүттэр, саха тылын учууталлара, уһуйааннар иҥин диэн арахсан үлэлээтилэр, үөскээбит балаһыанньаны ырытыстылар, тугу гыныахха сөбүн токкоолостулар. Баһылыктары, салайааччылары кытта түһүлгэҕэ дьокутаат Ойуур Байбал (Павел Ксенофонтов) кэпсэтиигэ сүрүн хайысханы биэрдэ.
Сугулаан үлэтин барытын баһылыгы солбуйааччы Люция Спиридоновна Тойтонова иилээн хара сарсыардааҥҥыттан киэһээҥҥэ диэри ыытта, салайда. Үөһээ Бүлүү Төрдүс оскуолатын салалтатыгар, учууталларыгар уонна аһы астааччыларыгар улаханнык махтаныах кэриҥнээхпит. Түмүктүүр мунньахха алгыс тылларын кырдьаҕас учуутал Тимофеева Ульяна Терентьевна эттэ, улуус тылга сүбэтэ талылынна.
Дьокуускайтан барааччылары дьаһалта массыыната тиэйэн илдьибитэ уонна төттөрү аҕалбыта.
Кэм да буоларын курдук, уопсастыбанньыктары (түмэт дьайыксыттары) умнар үгэстээхпит 🤗 Онон манна Бурхалей Макаров уонна Варвара Васильева диэн урут оскуолаҕа үлэлээбит дьон бу тэрээһини көҕүлээн, тэрийэн, дьону бэйэлэрин тылларыгар киллэрэн ыыппыттарын тоһоҕолоон этэбин. Кинилэр уонна атын уопсастыбанньыктар сылы быһа үлэлээбиттэрин дьаһалта өйөөн маннык үрдүк таһымнаах тэрээһин буолан ааста.
Чинчийии социолингвист Нина Иванова (ГЧИ) уонна Вилюяна Никитина оҥорбут ньымаларынан оҥоһуллубут.
Вилюяна Николаевна Дьокуускайтан тиийбитэ наһаа үчүгэй, хотуулаах буолла дии санаатым. Кини уоттаах-төлөннөөх тыллара төрөппүттэри хайаан да кынаттаабыт буолуохтаах! Холобур биир төрөппүт маннык суруйар: «Вилюяна Николаевна олох киһи эрэ истэ олоруох кэпсиирин төрөппүттэр сэҥээрбиппит аҕай😇 өссө да олоруох дьону бириэмэ ыгыма бэрт этэ. Олох уу сахалыы саҥаран, оҕону иитиини, төрөппүттэргэ сүбэ-ама биэрэн, мустубут төрөппүттэри кытта уопсай тыл була охсон, ыйытыыларга эппиэттээн, бүтэһиккэ олох дьиҥнээх сэһэргэһии буолбута👍🏻».
Саҕалыырбар үөһээ бүлүүлэр тыл туругар аһара аймамматтар эбит диэн аһарбытым. Баҕар, саха сэмэй майгытынан, санааларын эмискэ тоҕо тэбээбэт үгэспит суолтаны ылбыта буолуо, эбэтэр бэйэм алҕаһыырым буолуо. Ол эрээри, ханныгын да иһин, бу сугулаан кэнниттэн дьон куруук көрө сылдьар кыһалҕаларын дьиҥнээхтик өйдөөн, оҕо тылтан тэйиитэ куоракка эрэ буолбакка, тыаҕа эмиэ тирээн кэлбитин билбитэ буолуо, онтон сиэттэрэн улууска төрөөбүт тылы өйүүр киэҥ далааһыннаах хамсааһын тахсыаҕа диэн эрэл үөскээтэ диэн түмүктүүбүн.
Еще нет аккаунта?