Дьэ, үөскүүр. Ол туһунан билээри Эстрада тыйаатырын испэктээгигэр тиийиҥ.
Бастатан туран, саала кыра, олорор сир аҕыйах. Онон билиэттэри эрдэ хааччыныҥ. Хата, мин биир биэнсийэлээх кырдьаҕас үбүлүөйгэ барар буолан төннөрбүтүҥ түбэһэн күлүкпэр имнэнним.
Иккиһинэн, хойутаабакка тиийиҥ. Дириэктэр Татьяна Чаранская илэ бэйэтинэн кэпсии-ипсии олорор этэ. Кыратык тардыллан сэмэлэннибит. -) Саала кыра буолан, артыыстарбытын отой тутан олорон көрөҕүн. Онон хойутуур сатаммат.
Үсүһүнэн, астына көрүҥ. Режиссер Татьяна Чаранская өлбөт-сүппэт Эльдар Рязанов айымньытын сахалыы тыыннаабыт.
Ника (дириэктэр Калугина), Анатолий Горохов (Новосельцев), Василий Еремеев (Самохвалов), Санита Ай (Ольга) уонна Людмила Грязнухина (Верочка) итэҕэтиилээхтик толордулар. Верочканы ордук бэлиэтиэм этэ. Күлэн быарбыт быста сыста.
«Браво! Бис!». Дохсун ытыс тыаһа.
Баҕа быһыытынан, Эстрадабыт тыйаатыра туспа сыаналаах (сцена) дьиэлээх-уоттаах буоллаҕына өссө сайдыыһылар. Кыараҕас соҕус, анал тыйаатыр буолбатаҕа биллэр. Аны ырыата өссө элбэҕэ буоллар.
Еще нет аккаунта?