Бэҕэһээ ыалынан
бука бары «Кэрэни көрбүт» киинэҕэ сырыттыбыт. Наһаа астынныбыт, дуоһуйдубут.
Кэрэни кэрэхсииргэ үөрэтэр сырдык чаҕылхай киинэ. Чахчы иккичэй атахтаах, иннинэн
сирэйдээх урааҥхайдар буор саха буолан, айылҕабыт кэрэтин, дьон үтүө сыһыанын өйдөөн-дьүүллээн
көрбөт идэлээхпит. Утуйар ыарыылаах Ыстапаан курдук оҕолуу ыраас дууһалаах,
сырдык куттаах буоллахха, түүлгүтүгэр көтүөххүт, сирдээҕи дьолгутун булуоххут.
Киинэ — саха тылынан
уонна материальнай култууратын көрдөрөрөр. Чорооннор, илин кэлин кэбиһэрдэр,
чаппараах, саха танаһа, ураһата (Баайаҕаҕа баар), тойук, олоҥхо, итэҕэл…
Киинэ – аһыныгас
санаалаах айыы киһитигэр гимн. Киинэ — саха ис дууһатын арыйар. Киинэ –
төрөөбүт дойдуга таптал уонна бэриниилээх буолуу.
Сахалыы куттаах,
саха култууратын үйэтиппит, худуоһунньук, фотограф, этнограф, нуучча чулуу уола
Иван Попов уобараһын Любовь Борисова олус бэккэ да хоһуйбут. Артыыс Дарюс Гумауска
– отой Иван Васильевич хаартыскатыттан илэ түспүт курдук…
Киинэ биир
тыынынан көрүллэр. Диалогтара, сүрүн дьоруой кыра акцена, күлүүлээх-түгэннэр…
Ыстапаан оруолун толорбут Александр Чыычаахап отой булумньу. Удаҕан оруолун Ньургуйаана
Шадрина итэҕэтиилээхтик толордо.
Киинэҕэ биир да омсолоох
дьоруой суох. Бары үтүөнү баҕарар, көмөлөһө сатыыр, сырдык дьон. Бэл, хааллаан
олорор буруйдаах тылбай-өспөй буолан Ыстапааны өлөр өлүүттэн быыһаата буолбаат.
Аны Иван Васильевич доҕорун туһугар хас аты атастаста?
Уоспанан ыалдьыбыт кыыһы ким
быыһаата?
Иван Попов дьиҥнээх
хаартыскаларын киинэ тиһэҕэр көрүөххүт уонна режиссер, кини хамаандата хайдах
курдук кыһанан итини тыыннаҕымсыппыттарын өйдүөххүт. Аны ньирэйи өйдөөн көрөөрүҥ
эрэ. Үүт үкчү. Быһаччы киинэҕэ барыаххыт иннинэ Иван Попов хартыыналарын,
уруһуйдарын көрүҥ диэн сүбэлэлиибин. Оччоҕо 20-с үйэ саҕаланарыгар саха олоҕо
хараххытыгар киэҥ экраҥҥа тиллэн кэлиэҕэ.
Киинэ этэрин курдук
– кэрэни кэрэҥсээҥ, дьоҥҥо үтүөнү бэлэхтээҥ! Cаха буолан сандаарыҥ, киһи буолан
киэркэйиҥ! Cаҥа дьылынан!
Еще нет аккаунта?