Бүгүн сурдьум Тумус Бүөтүр кыыһа Киристиинэлээххэ ыалдьыттаатым. Сахалыы минньигэс миин истим, этинэн, алаадьынан күндүлээтилэр.
Киристиинэлээх элбэх, үс оҕолоох ыал. Сабыс саҥа мас дьиэ туттан киирбиттэр.
Наһаа маладьыас эдэр ыал.
Сахалыы- махалыы чэй иһэ-иһэ ырааҕы- чугаһы ахтыһан, астына кэпсэтэн тарҕастыбыт.
Кырачаан аймах оҕолор барахсаттар сүрдээх сэргэхтэр, үөрүнньэҥнэр, атыҥыраһа суохтар эбит. Тута көтөхтөрөн, сыллаһан, кэпсээн- ипсээн буолан, абаҕаларын миигин үөртүлэр😃
Сурдьум Бүөтүр эһэбит Тумус Ыстапаан хаартыскатын
саҥардан оҥотторбутун көрдөрдө. Онно эһэбит уоһа толлойон бэйэтэ баар, эһэбит атаҕын анныгар быраат Дьэкиим куйааска туруусугунан эрэ сиргэ олорор уонна аччыгый Бүөтүр эмиэ эһэтин аттыгар илиитин ыстаанын сиэбигэр уктан турар. Хаартыскаҕа мин төрөөбүт дьиэм буор сыбаҕа хайа хаппыта көстөр.
Ол дьиэбит бастакы аҥаара Кэнтиктэн, өбүгэлэрбит олорбут Кулуһуннаах алааһыттан көһөрүллэн киирэн, саҥалыы хомуллубут дьиэ. Ону барытын аймахтар: абаҕаларбыт, эдэр ыалга — мин ийэлээх аҕабар көмөлөһөн, оҥорон, тутан биэрбиттэр этэ.
Ол курдук, абаҕаларбытыгар, аймахтарбытыгар үйэ- саас тухары кыайан төлөммөт махтал удьуортан удьуорга бэриллэн иһэр.
Ол иһин да эбитэ буолуо, бу Киристиинэлээх дьиэлэрин маһа кэлэригэр моһуоктар үөскээбиттэригэр, арааһа өбүгэлэрбит илдьиттээннэр, миигинэн көмөлөһүннэрбиттэрэ.
Маны барытын көрөн-истэн баран, өйдөөн санаан ыллым ээ.
Эһэбит Ыстапаан кэллэҕинэ биһигини, кыра оҕолору, биир биир тобугар олордон баран төбөбүтүн имэрийэ-имэрийэ, хотой курдук тоҥсоҕор мурунун хонточчу туттан олорон, халлаан диэки үөһэ көрө-көрө тугу эрэ ырааҕы толкуйдуур курдук буолара. Арааһа, анаарара уонна алгыыра буолуо…
Бу кырачаан оҕолор ол Тумус Ыстапаантан бэһис көлүөнэ дьон.
Дьоллоох буолуҥ кырачаан аймахтарым!
Еще нет аккаунта?