Бу дьон тоҕо саха тылын үөрэтэ сатаатылар диэн ыйыталлар. Мээнэҕэ буолбатаҕа чуолкай.
Андрей Кривошапкин- Айыҥа руналар, генетика, медицина туҺунан хас да кинигэни суруйда. Өссө онно олоҕуран эмтиир ньыманы айбыт. Ону Мэҥэ Ньургууна тутта, олоххо киллэрэ сылдьар.
Библияҕа сурулла сылдьар:» Сначала было слово».
Ол аата Таҥара тугу да айа, оҥоро илигинэ аан бастаан тыл баар этэ диэн.
Таҥара киҺини айарыгар, оҥороругар аан бастаан кини -киҺи генетическэй кодун -генетическэй формулатын суруйбут.
Айыҥа этэринэн киҺи генетическэй кода руналарынан ааҕыллар. Руналарынан суруллубут. Оттон руналары дьиҥнээхтик саха тылын эрэ туҺанан судургутук ааҕыллар.
Ол аата Таҥара киҺини айарыгар генетическэй кодун саха тылынан суруйбут!
Онон саха тылын билэр киҺи ураты күүстээх буолар. Ураты айар талааннаах буолар.
Дьэ ону билэннэр ити араас омуктар саха тылын билэ сатыыллар.
Ураты айар күүстээх буолаарылар.
Еще нет аккаунта?