Эдьиий Настаа мэтириэтэ.
Бүгүҥҥү от ыйын түмүк күнэ миэхэ тус бэйэбэр олус долгутуулаах,
уйадытыылаах да түгэни бэлэх уунна.
Ол курдук, Республика Народнай артыыската Анастасия Варламова мэтириэтин туттардылар.
Көрөөт да олус долгуйаммын, хараҕым ууланна.
Хайдах эрэ, Эдьиий Настаа Күн сыдьаайын сыламыгар сууланан, оройун үрдүнэн түһэрэн, аптаах хобочоонун тыаһыгар холбоон, бар-дьонугар алгыстаах махталын ыыта турар курдук көрдүм, ылынным.
Бу күннэргэ краеведческай музейга Анастасия Николаевна Варламова-Эдьиий Настаа быйылгы бэлиэ сылыгар анаан, үтүө киһи аатын үйэтитэр тэрээһин буолуохтаах. Онно анааммыт, Лөгөй орто оскуолатын уруһуй учуутала Анастасия Михайловна Колесова биһиги ыал сакааспытынан уруһуйдаата.
Дьиктитэ диэн, авторбыт эмиэ Анастасия диэн ааттаах.
Аны, мин дойдум Уус Алдан Кэптэнитэ.
Биэс оҕолоох ыал ийэтэ.
Оруобуна балтым үлэлиир Багетнай мастерскойугар, ол музейга буолар бэлиэ тэрээһиҥҥэ туттуллар архыыбынай хаартыскалары рамалата турдахпына, Настям Кэптэниттэн тиийэн кэллэ. Бэлиэ түгэни үйэтитэн видео уһулбутум, олох да аптаах сыыппаралар кэккэлэспит 1мүнүүтэ :11сөкүүндэ уһуннаах буолан таҕыста. Маныаха эмиэ сыыппаралар аптаах көстүүлэрин бэлиэтээтим.
Ити мэтириэппит уонна хаартыскалар бары тып-тап курдук оруобуна сөптөөх дьүһүннээх, ойуулаах-мандардаах рамкаланар буоллулар.
Аны бүтэһигэр, Саргылана Саввична Адамова киирэн кэллэ. Эмиэ ити тэрээһини иилиир-саҕалыыр киһибит.
Онон, Эдьиийбит Настаа мээнэ киһи буолбатаҕын туоһута дэстибит.
Бүгүҥҥү үтүө күммэр махталым маанытын анаатым❤️
Еще нет аккаунта?