Максимов Юрий Михайлович — Саха Республикатын үтүөлээх тутааччыта баара буоллар балаҕан ыйын 5 күнүгэр оруобуна 70 сааһын туолуо этэ. Аҕа Дойдуну көмүскүүр улуу сэрии бүтүөҕүттэн аҕыйах сыл ааһаатын төрөөбүт киһи, дьоллоох оҕо сааһа, үлэһит, ыал аҕатын быһыытынан олоҕо барыта Үөһээ Бүлүүгэ ааспыта. Төрөөбүт оройуонугар элбэх тутууну ыыппыта. Үчүгэй үлэлээх, идэтин баһылаабыт, ордук болҕомтотун тутуу хаачыстыбатыгар уурар тутааччытынан биллибитэ.
Оҕо эрдэхпиттэн доҕорум Юрий Михайлович Максимов — Саллаат күн сириттэн барбыта номнуо биир сыла буолан эрэр эбит…
Биһиги Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Ханча Атах» диэн *түөлбэ* тула төрөөн-үөскээн улааппыппыт. Биһиги төрөппүттэрбит тэҥ кэриэтэ саастаах, биир көлүөнэ дьон буолан, оҕолор эмиэ эмдэй- сэмдэй тэҥҥэ кэриэтэ төрөөбүппүт. Юра миигиттэн икки сыл аҕа, балта Рая миигинниин саастыы, мин бырааттарбынаан Алексейдыын, Ефимныын , Семенныын биир кэмҥэ төрөөбүт балыстардаах, бырааттаах.
Кыра оҕо сылдьан бииргэ түспүт хаартыскабыт элбэх.
Юра миигиттэн эрдэ оскуолаҕа киирбит буолуохтаах, ол иһин 8-с, физмат кылаастан бииргэ үөрэммиппит. Онтон ыла олохпут тухары арахсыспат доҕордуу буолбуппут.
АНДАҔАР.
Оҕо сылдьан наар бииргэ оонньуур этибит. Сэриилэһэ оонньуурбут, бэйэ бэйэбитин сүксэ сылдьан аттаах кавалерия буоларбыт, лапталыырбыт, мээчиктиир этибит (волейбол). Дэриэбинэ атын түөлбэтин уолаттарын кытта «дьиҥнээхтик» сэриилэһэр, охсуһар да этибит. Биирдэ атын арыый улахан уолаттар биһигини, кыралары атаҕастаан, кырбаан тураллар. Онно биһиги хотторон бараммыт бэйэ- бэйэбитигэр андаҕар биэрбиппит. Илиилэрбит ытыстарын ытыстарбыт көхсүгэр ууран баран: » Андаҕайабыт. Бары бииргэ сылдьарга. Бииргэ көмүскэнэргэ!».
Уонна ол андаҕарбытын олохпут тухары илдьэ сылдьабыт.
Физмат кылааска үөрэнэ сылдьан киэһэ хойукка диэри
» Кабинекка»( физмат кылаастар баар дьиэлэрэ. Уруккута мастерскойга ананан тутуллубут кыра соҕус, үс эрэ кылаас үөрэнэр сирэ этэ) дьарыктанар, уруок ааҕар этибит.
Онтон киэһэ хараҥаҕа Юралыын аргыстаһан дьиэбитигэр барарбыт.
Мин уҥа кулгааҕым хаҥаспынааҕар ордук истэр буолан, Юра куруук уҥа өттүбэр сэргэстэһэр этэ.
Дьэ ол кэмҥэ киэһээҥҥи хараҥа халлааҥҥа сулус бөҕө бачыгыраан тахсар этэ. Олору одуулуу, одуулуу ону-маны кэпсэтэр этибит. Инники олохпутун чарапчыланан, ыраланан көрө сатыыр этибит.
Кэлин Дьокуускайга дьиэ туттарбар ол оҕо сааспытыгар сулустары одуулаһарбытын санаан, «сулустары чуумпуга көрүөм» диэн, дьиэбэр анал курдаттыы көстөр өстүөкүлэлээх истиэнэ оҥостубутум. Ол билигин дьиэм иһигэр саамай ньэҥирдээх сир.
ТУТААЧЧЫ.
Үөһээ Бүлүү оччотооҕу физмат кылаастарыгар үөрэммит оҕо Советскай Союз ханнык баҕарар чулуу ( престижнэй) үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсан киирэр кыахтаах гына бэлэмнээх буолара. Сүрүн кыһалҕа, ол киирэн баран идэҕин сөбүлээн, үөрэххин бүтэриэххин наада. Саамай уустуга — идэни таба тайаныы этэ. Билиҥҥи курдук тестирование эҥин сайда илигэ.
Онон төрөппүттэргин, табаарыстаргын, атын да дьону кытары сүбэлэһэн баран , ханна барарбытын быһаарынар этибит. Юра биһикки тутааччы идэтин талбыппыт. Кини Саха Государственнай Университетыгар тутааччы факультетыгар киирбитэ. Мин Новосибирскайдааҕы тутуу институтугар киирбитим.
Юра заказчик да, подрядчик да идэтин лаппа үчүгэйдик баһылаабыта. Элбэх объектары туппута уонна туттарбыта. Хаачыстыбаҕа сүрдээх кыһамньылаах этэ. Дэлэҕэ даҕаны «Саха сирин үтүөлээх тутааччытын» аатын иҥэриэхтэрэ дуо. Кини аатынан Үөһээ Бүлүүгэ уулусса ааттанна.
Онон мин сүрдээҕин киэн туттабын.
» ЗНАЧИТ ЛЁД ТРОНУЛСЯ»
Ийэм Варвара Алексеевна Ноттосова куруук үөрэ- көтө кэпсээччи. 1980 сыл сайыныгар дьоммор ыал буолан эрэбин диэн биллэрбитим. Саллаат мин дьоммор киирэ сылдьыбытыгар ийэм үөрэн туран ону кэпсээбит. Онуоха Юрий :» Значит лед тронулся» диэччи буолбут.
Дьэ ол этии билигин даҕаны биһиги киэҥ аймахха уос номоҕо буола сылдьар. Биһиги уруубутугар доҕорум Юра миэхэ «шафер» (свидетель) буолбута. Уонна дьэ кырдьык бэйэтэ эмиэ сотору ыал буолбута. Сыл аайы ыал буолбут күммүтүн бэлиэтии дойдубар кэллэхпитинэ куруук көрсөр, үөрэр-көтөр этибит.
ЭРЭЛЛЭЭХ ДОҔОР
Юрий Михайловиһы — Саллааты кытары олохпут былаһын тухары: оҕо сылдьан, студенныы сылдьан, эдэр сылдьан, үлэлии да сылдьан өрүү доҕордуу ситиммитин быспат этибит.
Үчүгэй да, уустук да кэмнэрбитигэр өрүү бэйэ бэйэбитин өйөһөн, өйдөһөн кэлбиппит.
Эр киһилии дьиҥнээх эрэллээх доҕордоһуу диэни билбиппэр Саллаакка махталым бараммат.
Российскай Федерация Государственнай
Думатын Депутата
Ф.С.Тумусов.
Еще нет аккаунта?