АЛААС ИЭЙЭХСИТЭ…
Саха киһитигэр алаас аҕатын санатар.
Иэйэхсит — ийэтин санатар.
Бары таптыыр ырыаһыппыт,
«Аҕам алааһа» ырыа автора, республика Народнай артыыһа АНАСТАСИЯ ВАРЛАМОВА аатын билбэт киһи суоҕа да буолуо.
Үс мас бүтэй күрүө нөҥүө эрбэллээхтээн, сэрбэллээхтээн оҕо сааһым одуулуур…,
Үөрэнэн бараммын, эргиллиэм дойдубар,эн миигин ахтымаар, доҕоруом…,
Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн, күөх тайҕам баайыттан…,
Оо, үчүгэйиэн охсуллубут от сыта…,
Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы саҥа таҥас таҥнаары…,
Төрөөбүтүм мин бу сиргэ төлкөлөөх олоҕу олороору…,
Ийэлээх аҕаккаҥ эрэлин толорон күн сирин үтүөтүн элбэтэр буолаар дуу…
Настаа бу ырыаларын тыллара хас биирдии киһи олоҕун кэпсиир курдуктар.
Ол да иһин норуот бэйэтин тапталын Настааны — «Эдьиий Настаа» диэн ааттыырыгар иҥэрбитэ.
Быйылгы 2023 сыл саха норуотугар биир өйдөбүнньүк бэлиэ сылынан буоларын билэбит.
Баара буоллар,хайдах курдук өрөгөйдөөхтүк бэлиэтиэ этибитий…, Анастасия Варламова 75 сааһын!
Өйдөбүнньүк тэрээһиннэр чэрчилэринэн мин тус бэйэм олохпор сахалыы санаам ситимнэрин сааһылыырбар Эдьиий Настаа сүдү суолталаах киһи буолбутун туһунан элбэх сахам дьоно билиэн баҕараммын, санаа атастаһыылаах көрсүһүүлэри тэрийэбин.
Онон,ол тэрээһиннэрим туһунан манна биллэрдэхпинэ сэргэх сэһэргэһии ыалдьыттара буолуоххут диэн эрэнэ күүтүөм.
Ким куораттан чугас олорор сиригэр ыҥырыан баҕардаҕына, үөрүүнү кытта.
Зоя Егоровна Тумусова, «Саха алааһын иэйэхситэ» кинигэ проегын автора уонна «Олох таҥара бэлэҕэ» кинигэ автора.
Атырдьах ыйын 4 күнэ,
2023 сыл.
Источник: https://t.me/zoya_tumusova/2488
все фото и видео:
https://t.me/fedot_tumusov/3937
Еще нет аккаунта?