Сэрии тулаайаҕын памятнига (https://t.me/fedot_tumusov/3294) 2000 сыллаахха Улуу Кыайыы 55 сылыгар туруоруллубута. Биллэн турар биһиги ийэбит Ноттосова Варвара Алексеевна уоттаах сэрии тулаайаҕа этэ, онон кини үтүө аатыгар анаан Мэҥэ Таас туруорбуппут.
Ийэбит төрөөбүт сиригэр, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар биһиги оҕо эрдэхпититтэн барааччыбыт. Онно ийэбит Быракаан үрэх үрдүгэр тохтоон, хайаан да сиэр-туом оҥорооччу. «Элбэхтик манна мин хараҕым уута тохтубута,»- диэн кэпсээччи. Тоҕо диэтэххэ ийэбит аҕата сэриигэ барарыгар атыгар олордон аҕалан Быракаан кытылыгар хаалларбыт уонна салгыы бара турбут. Онтон ыла ийэбит оҕо сылдьан кытылга кэлэн элбэхтик аҕатын кэтэспит уонна ытаабыт.
Памятник маҥан мраморынан оҥоһуллубута. Ол ис хоһооно маннык: маҥан мрамор — үтүө санаа! Ийэбит — сэрии тулаайаҕа дьон үтүө санаатынан этэҥҥэ улаатан, кэргэн тахсан, элбэх оҕону төрөтөн, дьоллоох олоҕу олорбута. Онтон ити сытар таас киһи кута-сүрэ күүстээх буоларын көрдөрөр. Бу туруйа — сэрии тулаайаҕа төһө да соҕотох буоллар, өрө көтөн тахсан үтүө олоҕу олорбутун туоһулуур. Кэннигэр Аал Кудук мас турар. Ити Үрдүк Айыылар дьону- сэргэни барыларын араҥаччылыылла-
рын көрдөрөр. Бэтэрээ өттүгэр үс муннуктаах саллааттар сэрииттэн ыытар суруктарыгар майгынныыр таас турар. Биһиги эһэбит, таайдарбыт суруктарын ийэбит уура сылдьан биһиэхэ ааҕар этэ, сүрдээх патриотическай, дириҥ ис хоһоонноох суруктары. «Бу оҕону үөрэттэриҥ, киһи-хара гыныҥ,»- диэн алгыыр суруктар уонна биллэн турар сэрии туһунан суруллубут этилэр.
Ол суруктар билигин Үөһээ Бүлүү музейыгар бааллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыската Анастасия Варламова биһиги ийэбитин кытары алтыһан баран «Сэрии тулаайаҕа» диэн ырыаны айбыта бу памятникка суруллан турар уонна «Варвара Алексеевна Ноттосоваҕа анаммыт» диэн суруктаах.
Еще нет аккаунта?