Сэтинньи 24 күнүгэр Саха сирин киэҥ экраннарыгар уонна Арассыыйа киин куораттарыгар өссө биир сахалыы киинэ тахсар. Бэҕэһээ суруналыыстарга, блогердарга анаммыт киинэ сүрэхтэниитин кэнниттэн санаабын суруйабын.
«Биһиги кыһыммыт» киинэ — биллэр-көстөр режиссербут Степан Бурнашев 12-с хартыыната. Киинэлэр таһымнара үрдээн иһэрэ, саҥаттан саҥа идея табыллан олоххо киирбитэ хайҕаллаах.
Киинэҕэ Дьокуускай куоракка олорор Никифоровтар диэн эдэр ыал уустук сыһыаннара, тапталлара, кыйахансыы, кыыһырсыы, истиҥ сыһыан ойууланар. “Хас биирдиигит бэйэҕитин булуоххут” диэн киинэ плакатыгар суруллубут. Чахчы даҕаны, биһиги кыыдааннаах кыһыммытыгар кыараҕас кыбартыыраҕа хааллыы, күн аайы “үлэ-дьиэ” чуҥкук, уларыйбат хартыыната хас биирдии киһи санаатын-оноотун тууйуон, сатамньыта суох быһарыыныыга тиэрдиэн сөп. Ол эрэн сааскы халлаан эргиллэринии, эдэр ыал сыһыана тупсуо дуо? Киинэҕэ бардаххытына билиэххит.
“Дьахтары таайыллыбат таабырын” дииллэр. Күн аайы кэргэммитигэр эр дьон туох эрэ саҥаттан саҥаны бэлэхтии туруохтаах үһүбүт. Ол да буоллар, сүрүн дьоруойга Дмитрийгэ, баҕар эр киһи буоларым быһыытынан буолуо, ыалдьа олордум, кини кэргэнигэр, үлэтигэр “наһаа охтубут”, чуҥкук олохтон, кэргэниттэн “сылайбыт аатырбыт” Лидаҕа абардым, дьиэ кэргэнин чөл хааллара сатаабатыттан кыһыйдым. Баҕар кэрэ аҥардар атыннык сыһыаннаһыаххыт.
Киинэ иитэр-үөрэтэр эмиэ хайысхалаах. Тоҕо ыал арахсарый? Тоҕо таптал уостарый? Тапталы, истиҥ сыһыаны хайдах араҥаччылыырга бу киинэ сүбэлиир диэтэхпинэ алҕаһаабатым буолуо. Аны аҕа көлүөнэ үтүө холобурун көрдөрөр, ааһар былытынан аһары үлүһүйбэккэ дьиҥ баары харыстыырга уонна саҥаны айарга үөрэтэр. Аныгы батсаап, социальнай ситим – истиҥ кэпсэтиини атарахсытар буолбатах дуо?
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Илья Яковлев Дмитрий оруолун итэҕэтиилээхтик толордо. Бары да артыыстарбыт, ол иһигэр, Лида оруолун толорбут Ирина Михайлова, СӨ норуодунай артыыһа, САССР үтүөлээх артыыһа Зоя Багынанова, СӨ үтүөлээх артыыһа Петр Андреев уонна да атыттар оруолларын толору арыйдылар. Ирина Михайлова бу бэһис киинэтэ буоллаҕына, Илья сүрүн оруолга аан бастаан оонньуур.
Киинэни тохсунньу тоһуттар тымныытыгар хайдах устубаттара буолла? Ханнык да тиэхиньикэ тулуйбат, камера таһырдьа үлэлээбэт буолуохтаах. Муусуката, устуута мааны. Киһи биир тыынынан көрөр. Арба, киинэҕэ Ксения Собчак кылгастык көстөн ааста. Аммаҕа саха киинэтин туһунан матырыйаал оҥоро кэлэ сылдьан уһуллубут эбит. Биллэр-көстөр хотун дьахтар саха киинэтигэр уһуллуута – эмиэ биир сатабыл, табыллыбыт түгэн, саха киинэтин пропагандалыыр. Сүрүн дьоруой киинэҕэ хайдах холонорун арыйбаппын. Бэйэҕит көрөөрүҥ.
Көрөөччүлэри кытта көрсүһүүгэ режиссерга элбэх ыйытыы киирдии. Биир бэйэм, киинэ жанрын туоһуластым: “Мелодрама диэтэххэ мелодрама буолбатах, драма диэтэххэ, драма буолбатах. Ханнык жанрый?». Степан Бурнашев киинэҕэ итинник жанрдары холбуу тутааһын баарын ыйда. Биир бэйэм саха көрөөччүтэ бу киинэни чугастык ылыныаҕын, тута сөбүлүөҕүн саарбахтаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, дьиҥ-чахчы олохпут көстөр, ис санаабыт, характербыт ойууланар.
Мелодрама-драма холбоспут киинэтин, сахалыы реализмы (бэйэм итинник ааттаатым) Голливуд блокбастердарыгар уонна солуута суох нуучча комедиятыгар үөрэнэн хаалбыт Арассыыйа көрөөччүтэ сэргээтэҕинэ, өссө даҕаны истиҥ сыһыаны өрө тутар эбиппин диэн түмүккэ кэлиэм этэ. Көрүөхпүт.
Еще нет аккаунта?