Аны «музей», «мусуой» диэн оннугар «түмэл» диэҕиҥ. Хас да сылы быһа туруорсан, Тиэрмин хамыыһыйатын тэрийэн үлэни бэрэдэктиэҕиҥ диэн этиибит дьэ үлэлээн эрэр. Тиэрмин хамыыһыйата Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан быйыл эрэ тэриллибитэ. Хамыыһыйаҕа саха тыла сайдарын, чөл хааларын туһугар 20-тэн тахса билим үлэһиттэрэ, суруналыыстар, уопсастыбанньыктар киирэн, сүбэлэһэн, ырытыһан саха тылыгар туттуллар тиэрминнэрин бэрэдэктиир, бигэргэтэр соруктаахпыт.Бастакы көрсүһүүгэ хамыыһыйа дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕаммыт, туттулла сылдьар тиэрминнэри тута бигэргэтэргэ сөбүлэспиппит. 20-тэн тахса тылы бигэргэттибит. Сотору, боротокуол таҕыстаҕына, бэчээттиэхпит.
Бастакы мунньах хаартыската.
Бу иккис мунньахтан
Еще нет аккаунта?