Дьэ, эрэ, доҕоттор, олохпуттан биир түгэни санаан кэллим) Уонна кэпсиэхпин баҕардым.
Оҕом Антон кыра эрдэҕинэ, по уходу уоппускам бүтэ илигинэ, арай үлэбэр тахсар буоллум. Дьыссаата суох буолан, өрүү ньээҥкэлэнэр этибит. Оччолорго ньээҥкэ көрдүүр уустуктардаах да этэ! Ватсап игин суох буоллаҕа дии, биллэриинэн эмиэ мээнэ булбаккын. Ол иһин наар билэр дьонунан көрдүүр этибит.
Арай биирдэ ийэм «Билэр дьахтарым баар, үлэтэ суох олорор. Оҕо көрүөн сөп үһү» диэн үөртэ. Тута хабан, билсэн-көрсөн баран, оҕобутун ол дьахтарга көрдөттөрөр буоллубут.
Иннэ гынан оҕобун Антону кыбынан баран, күн аайы Сайсаарга турар икки этээстээх мас дьиэлэргэ илдьэн хаалларар этибит.
Ньээҥкэбитигэр оҕо көрбүт харчытын, тута аахсан, төлөһөн иһэрбит. Ол аайы киһибит үөрүү бөҕөтө! Ийэбэр телефоннаан «Бүгүн эт ылан сиэтибит, ас ыллыбыт» диэн үөрэ-көтө наар кэпсиир эбитэ уһу.
Чэ, ити курдук уолум ол ньээҥкэтигэр сырытта.
Онтон кэлин өйдөөбөппүн, тоҕо эрэ оҕобутун киниэхэ сырыттыннаран тохтоппуппут) Арааската, дьиэбититтэн чугастыы атын ньээҥкэ буллахпыт буоллаҕа буолуо) Чэ, неважно)) Антон ол ньээҥкэҕэ сылдьан бүппүтэ.
Кэлин ийэбиттэн истибитим, ньээҥкэбит «Туох сонун?» диэҥҥэ:
— Ээ, улахан туох кэлиэй. Антон суо-оох, харчы суо-оох, — диирэ эбитэ уһу)))
Наһаа да күлбүтүм онно)) Күн бүгүҥҥэ диэри санаатахпына күлэн ылабын)
Ол иһин даҕаны оҕобун Антону наһаа да үөрэ-көтө көрсөр этилэрэ)
Арай кинилэргэ хаама сылдьар харчы курдук буолан көстөрө эбитэ буоллаҕа дуу))
#сахалыы#дьоллоохкуоратДьокуускай
Я в Телеграм
Еще нет аккаунта?
как тут убрать лишний комментарий))
нет темы про «дети»)) или «юмор».
а ведь наша жизнь это не только ИТ технологии… 😉
нет темы про «дети»)) или «юмор».
а ведь наша жизнь это не только ИТ технологии… 😉
так добавь, обнова вышла