Улуус билиҥҥи кыраныыссатынан Олунньу 10 к. 1930 с. Мэҥэ уонна Илин Хаҥалас улуустар холбоhууларыттан үөскээбитэ. Оройуоннааһын кэмигэр Мэҥэ улууһун Алтан нэһилиэгин аҥаара (Чаҥкычах аҕатын ууһа бүтүннүү, Улахан уонна Биэкэнэ аҕаларын ууһун сорох өттө) Амма оройуонугар бэриллибиттэрэ.[1]. Маны таһынан Аммаҕа Сатаҕай уонна Эмис нэһилиэктэрэ холбоммуттар. Оттон Мэлдьэхси, Бахсы уонна Алаҕар (Чыаппара) нэһилиэктэрин Чурапчы улууһугар холбообуттар.[2]
Сэтинньи 8 к. 2007 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин ылыммыт сокуонунан улуус киинэ Майаттан Аллараа Бэстээххэ көспүтэ.
Улуус сиригэр саха омугун аатырбыт хорсуна Манчаары Баһылай төрөөбүтэ.
Мэҥэ улууһа XVII үйэттэн өрөбөлүүссүйэ буолуор диэри Саха Сирин биир биллэр-көстөр уонна саамай бөдөҥ улуустарыттан биирдэстэрэ этэ. 1917 сыллаахха 20-ттэн тахса тыһыынча киһилээҕэ. Олохтоохтор үс улахан бөлөххө арахсаллара: Мэҥэ ууһа (Алтан, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрэ), Доллу Мэҥэ ууһа (Доллу, Дьаабыл, Араҥас нэһилиэктэрэ), Мэлдьэхси Дьаҥхаады, Мөҥүрүөн нэһилиэктэрэ. Бу үс бөлөх нэһилиэктэр уопсай төрүттээхтэр диэн буолар. Мэҥэ ууһун уопсай төрдүнэн Эллэй Боотур уола Болотой Орхон (Оххон) ааҕыллар. Сорох сэһэнньиттэр атын дьону ааттыыллар: Соҕуруу Даары, Орулаа Талый, бэл XVII үйэ 70-с сылларыгар диэри олорбут Буох Дьиэхсин ойууну (сурукка киирбитинэн Декси Орлов)[3].
МЭҤЭ — Бу төрүт-уус аат. Үһүйээннэр кэпсииллэринэн — киһи аата (антропоним). Ол ууһаан тэнийэн, кэҥээн, дорҕооннонон, сураҕыран, туругуран турар./…/ «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» кинигэ 1-гы чааьыгар (М.—Л. 1960) «Эллэй и его потомство» диэн таблицалар бааллар (стр. 304—307). Дьэ бу манна араас кэмҥэ суруллубут үһүйээннэргэ Мэҥэ улууһа Эллэй ханнык ыччатыттан силис тардан тахсыбыта кэпсэнэр. 1898 с. Байаҕантай улууһунааҕы Хаҥалас нэһилиэгин киһитэ П. Е. Готовцев: «Эллэй сиэнэ,Болотой Орхон уола Мэҥэ улуус төрдө буолбут» — диэбит./…/ Бу кэпсээн эрдэ суруллубут уонна улуу учуонай В. Радлов кинигэтигэр бэчээттэммит буолан, ордук ыйааһыннаах./…/ Аны сурукка киирбит саамай эрдэтээҥи туоһуну ылан көрүөҕүҥ. XVIII үйэ бастакы аҥаарыгар үлэлээбит Иккис Камчатскай экспедиция научнай үлэһитэ Я. И. Линденау: «Мэҥэ ууһун төрдө Болотой» — диэн суруйан хаалларбыт.Ити — үөһээ ахтыллыбыт Болотой Орхон. Мэҥэ, Мэҥэбил. Бас-көс буолар улуу бэлиэ дьон аҕа ууһун баһылыга буолаллар. Мэҥэлэр — Мэҥэбиллэр. Мэҥэлэр, Мэҥэбиллэр — Мэҥэ аҕатын ууһа. Халыҥнар.Нуучча казактара кэлээт да кинилэри, кинилэр олорор сирдэрин туспа улуус, волость диэн арааран ааттаабытынан киирэн барбыттара: Мегинская, (Маганская, Магальская, Мангунская)./…/
(Багдарыын Сүлбэ. Улуустар ааттара. — Дь.: «Бичик», 2001. — 69—70 с.)
Еще нет аккаунта?