«Сэтинньи сэттистиир күнүгэр сир ийэ үрдүнэн сэриинэн
сэтэрэн, уотунан умайан, силлиэрэн-боллоорон ытыллан тахсыбыт силлиэлээх
холорук» саха омугар туох-ханнык дьайыылаах этэй? Бу туһунан бары чөмчөкөлөрү
мунньан түүннээх күн да мөккүһэн түгэҕин көрбөккүн. Хайа да өрүтү иһиттэххэ,
бары сөпкө этэр курдук буолуохтара.
Онтон арай «капитализм», «тэҥ бырааптаныы», «демократия»,
«чааһынай бас билии» эҥин диэбит курдук өйдөбүллэринэн толкуйдаабат, көннөрү
саха киһитин хараҕынан көрдөххө хайдах буолуо эбитэ буолла…
1917 сыл саҥата. Алааскар быр бааччы олороҕун. Сааһыары,
күн уһаан эрдэҕинэ, биир куораччыт ааһан иһэн «Ыраахтааҕыны бүрүстүөлүттэн
устубуттар» үһү диэн кэпсээн ааһар. Маҥнай утаа соһуйуу-өмүрүү буолар, онтон
күнтэн-күн элэҥнээн истэҕин аайы соһуччу сурах суоһа намыраан, бүппэт түбүккэ үтүрүйтэрэн
умнулла быһыытыйар. Биирдэ эмэ өйдөөн кэллэххинэ «дьэ салгыы туох-ханнык быһыы
буолан иһэр» диэн ытырыктата саныыгын да, «чэ, көрөн иһиллиэ» диэн буолар. Ынах,
сылгы төрүүр, онтон сайылыкка тахсыы, салгыы от үлэтэ — ыраахтааҕы эрэ, туох
эрэ…
Онтон кыһын, идэһэ эҥин кэннэ, эмиэ били кулун тутар
саҥатыгар сылдьан ааспыт киһиҥ (төрүкү биир сиргэ иҥэн-батан олорбот, өрүү кэлэ-бара
сылдьар киһи эбит) бу сырыыга өссө ордук соһуччу сонуннаах кэлэн ааһар: «Бөтөрбүүргэ
бассабыыктар диэннэр өрө турбуттар, былааһы ылбыттар, олохпут уларыйар үһү» диир.
Онтон ыла үүт тураан олох бүтэр. Маҥнай «уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун
кэмитиэтиттэн сылдьабыт» диэн биир бэрт сытыы тыллаах-өстөөх эдэрчи киһини
кытта нэһилиэк биир эмэ баппат киһитэ сылдьан ааһаллар, саҥа олох үүнэрин
туһунан кэпсииллэр. Эн буоллаҕына сылгыҥ хаһыыта дэлэй, ынаҕыҥ ото баар,
ойбонуҥ уута уолар куттала суох, дьонуҥ этэҥҥэлэр — санааҥ бөҕөх.
Онтон дьэ айдааннаах-араллааннаах сыллар кэлэллэр. Биир
кыһыҥҥы киэһэ кэргэниҥ оһох иннигэр этэрбэс абырахтыы олордоҕуна тиэргэҥҥэ
аттар атахтарын тыаһа чуучугуруу түһэр да, соҕотохто дьиэ иһэ адаарыҥнас киһи
буолан хаалар. Бу дьон кэннэ хас да хонон баран аны хороҕор бэргэһэлээх дьон
сылдьан ааһаллар. Хайалара да кэллэҕинэ аһатыаххын, аттарыгар от хаптарыаххын
наада. Аны үтүө харахтарынан көрөөйөллөр диэн ыһыктаан ыытаҕын. Саас, суол хаалыан
иннинэ аны атыттар кэлэн ааһаллар, 16-лаах уолгун күүстэринэн ат көрөөччүнэн илдьэ
бараллар. Ити курдук хас да сыл өрүү кутталга, кутуйах иинин кэҥэтиигэ ааһар.
Хас кэлэн ааспыт этэрээт кинилэр эрэ кыайыахтарын курдук тыллаһалларыттан хайаларын
да итэҕэйбэт буолаҕын, уруккулуу холку олох эргийиэ диэн эрэл да сүтэн барар. Маннык
олохтон кэргэниҥ сүрэҕинэн моһуогурар буолар, бииргэ олорбут ийэҥ эмээхсин
өлөр, икки аккын былдьаан бараннар, көлөтө суох хаалымаары биир ньирэйдээх
ынаҕы соноҕоско атастаһан айааһыы сылдьан сууллан атаххын тоһуппутуҥ сыыһа оһон
көнтөс буолар. Улахан айдаан намырыырын саҕана хата модьураабыт, эр киһи киэбигэр
киирбит уолуҥ этэҥҥэ эргиллэн кэлэр, үөрүү буолар. Кииҥҥэ оскуола арыллан
уончалаах кыыһыҥ онно үөрэнэ киирэр. Олох-дьаһах сүнньүн булар, сир түҥэтигэ
ыытыллар, саҥа былаас араас үлэни тэрийэр. Онтон ол быһаарыылаах сыл ааспыта
уон сылын туолуута «купуулар» диэннэр кэлэннэр уолгун тутан илдьэ бараллар.
Тэҥнэһиэҥ дуо, салгыы олороргор тиийэҕин. Кыыһыҥ оскуолатын бүтэрэр да, «үрүҥҥэ
сылдьыбыт убайдааххын» диэн биир да күттүөннээх үлэҕэ ылбаттар. Оннук олордоххуна
аны табаарыстыба диэннэр тэриллэн, онно киирэргэ күһэйэллэр. Кыыһыҥ онно үлэһит
буолар, эн, атаххынан моһуогуран үлэни кыайбат буолаҥҥын, ол-бу кыра үлэҕэ сылдьаҕын.
Көлөһүн күн аахсыытыгар бэрт дуона суоҕу ылаҕыт, хоргуйан өлбөт эрэ бэтэрээнэн
сылдьаҕыт. Хата лааппы арыллан, онно араас сээкэй атыыга кэлэн, киһи наадыйара
син барыта баар курдук буолар. Ыалынан кэрийэ сылдьар луохтуур баар буолар, «балаҕаҥҥытын
хотонтон араарыҥ» диэн модьуйаннар кырдьар сааскар аны онно түбүгүрэҕин. Ити
курдук.
Түмүгэ тугуй? «Силлиэлээх холорук» саханы абыраабытынааҕар
алдьаппыта элбэх курдук дуу…
П.с. Бу суруйбутум аҥаар өттүттэн кэлтэй суруйуу курдук көстүө да буоллар, баһыйар үгүс ыал олоҕор маннык эбэтэр маныаха майгынныыр түгэннэр буолан аастахтара эбээт. Кэлин тиһэҕэр ити сылларга умайар уот кыһыл бассабыык быһыытынан да биллибит дьон 1937-1939 сыллары мүччү түспэтэхтэрэ. Онтон аны кинилэр оҕолорун ити амырыын сыллары тилэх баттаһа ааҥнаабыт алдьархайдаах сэрии сыллара күүтэн тураллара…
Еще нет аккаунта?