Оннооҕор хара тыа маһа эргэрэр эбит эрээри…
Дэриэбинэбититтэн 12 хас биэрэстэлээх сиргэ сытар оттуур алаастаахпыт. Наһаа чиэскитэ суох эрээри, суола-ииһэ мөлтөһүөр буолан бара-кэлэ айаҥҥар кырата 3,5–4 чааһы сүүйтэрэҕин, онон хоно сытан оттооччубут. Ардаан кэбистэҕинэ от кууруор диэри дуу, алдьанан баран бөһүөлэккэ сыбааркалана барбыттарын кэннэ дуу — тугу да гыммат кэмнэр баар буолаллар. Оннук кэмнэргэ мээнэ сыта сатаан баран тахсан ойууру кэрийээччибин. Сүүрбэччэ сыллааҕыта, ол алааска маҥнай сир быстаран оттуу барарбыт саҕана, ол дойду тулалыыр маһа-ото сүнньүнэн чөл, чиргэл турара. Арай кэлин, 5-6 сылтан бэтэрээ дуу, охтубут мас элбээн иһэрин бэлиэтии көрөр буоллум. Ол санаабын аҕам ааҕы, аттынааҕы алааска оттуур ыалларбытын кытта үллэстибитим, бары ону бэлиэтии көрбүттэр эбит.
Ыаллыы оттуур дьоммут аҕалара оҕонньор (ол үрэххэ төрөөбүт өтөхтөөх кырдьаҕас, уонча сыллааҕыта өбүгэлэригэр аттаммыта) түөрт уонча сыллааҕыта бөһүөлэктэн сыарҕалаах атынан быһа киирэр суол солообута маҥнайгы отучча сыл туох да мааны суол буолан сыппыт этэ. Мин аҕам сайын ол суолунан матассыыкылынан сылдьара. Арай бу үс сыллааҕыта от охсон бүтээппитин кытта ардаан, хас күн мээнэ сытыахпытый диэн ол суол устун бөһүөлэккэ сатыы киирэргэ быһаарынныбыт. Онтубут, доҕоор, омуннаан эттэххэ уончалыы миэтэрэ бара-бара суолу туора охтубут маһы атыллаан бараҕын. Онон оннук, тыа эргэрэрэ диэн баар эбит диэн бигэ санааҕа кэлбитим.
Ити эрээри, ол хааман иһэн көрдөххө, онон-манан арыыланан хаалбыт чүөччэр ыраастарга ыт мунна баппат гына титирик ыга үүнэн эрэр этэ. Кэм-кэрдии кэрээбэт айанын тыйыс сокуонун быһыытынан эргэ охтор, эмэҕирэр, хатар хабыр аналлаах эбитин, оттон саҥа силигилии чэлгийэр, үүнэр, үрдүүр үтүө эҥээрдээх буоларын аҥаардас ол да ойууртан көрүөххэ сөп. Чэ, ол туһа туһунан.
Ити эргэрбит/эргэрэн эрэр маһы кэрдии биһиэхэ, ирбэт (дьиҥэр, ирэр) тоҥноох дойдуга алдьатыыта сөҕүмэр улахан — кэрдиллибит сиргэ хаһан саҥа ойуур үүнүөр диэри ол дойду мууһа бүтүннүү ирэн, сирэ барыта быһытталанан, аппа да аҥхалаат буолар буоллаҕа.
«Киинэ» салгыыта суох буоллар ханнык…
«Байкал эбэ хотун маанылаах кыыһа» диэн биллэр Ангара өрүс аатын сүгэр ХЭТ Сахабыт сирин биир баар эрэ кэрэ муннугар — Кыыс Амма баһыгар — мас кэрдээри туруммутун бохсору туруорсар саха дьоно түмсэн сүрдээх ылыннарыылаахтык эппититтэн-тыыммытыттан, суут бу дьон санаатын иһинэн киирэр быһаарыныы ылыммытыттан бэлиэр ый кэриҥэ кэм ааста. Омос көрдөххө — кыайыы. Ол эрээри итиччэ турунан аукционы кыайан, ороскуот бөҕөтүн көрсөн тэринэн кэлбит мас кэрдиэхтээх тэрилтэ «бүттүүн сэриигэ буолбатах, биир кыргыһыыга эрэ кыайтарбыт» курдук санана сылдьар да буолуон сөп. Онон унньуктаах уһун киирсии маҥнайгы сиэрийэтэ бүппүтүн курдук саныахха син буолуо.
Мин, көннөрү киһи, салгыы туох буолуон сабаҕалаан билэр кыаҕым суох эрээри, бука сэрэйдэххэ, ойуурбутугар суудайааччылар «первопрестольнай» диэкиттэн хамсааһын таһаартара сатаан иһийдилэр быһыылаах дуу диэн дьиксинэбин. Оо, кыахтаах киһи эрдэттэн хайыҥ охсунан баар сокуоннарга уларытыы киллэрэ охсуо эбит да, федеральнай сокуоннарынан салаллар эйгэ буолан, хайдах да кыаллыбат суол буоллаҕа…
Манна киһи биири сөҕөр: Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстыбылын уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ диэн балай эмэ улахан тэрилтэлээхпит. Бу тэрилтэ үлэһиттэрэ (дуогабар түһэрсиллэр кэмигэр, 2020 сыллаахха, салайааччы — Сахамин Афанасьев) тугу санаан, туохха эрэнэн туран чопчу бу сиргэ мас кэрдэргэ диэн аукцион биллэрбиттэрэ буолла?! Саха дьонун кулгааҕа-хараҕа оччо бүөлэммитэ буолуо дии санаабыттара буолуо дуо, ама? Эбэтэр, бүөлэммэтэх да буоллаҕына, ол аата иһиттэхтэринэ, биллэхтэринэ даҕаны, «чыып» да диэхтэрэ суоҕа дии санаабыттара буолуо дуо? Уонна билигин кэлэн, дьон айдаарбытыгар дьэ өйдөнөн, ханнык эрэ баһаары утары миэрэлэр ситэ ылыллыбатахтар диэн сигэнэн дуогабары көтүрэрдилэр. Дьэ итинник.
«Бырта сыатын» туһунан
Өрөспүүбүлүкэбит киэҥ нэлэмэн сирин анныгар дьапталла да сытар, үрдүгэр үүнэн турар да баайа үгүс-элбэх харчыга хараҥарбыт дьону ымсыырдар буолуохтаах. Онно суудайааччы, онтон тииһиниэн баҕалаах инникитин өссө да элбээн иһэрэ саарбаҕа суох. Кинилэр алдьатыылаах дьайыыларыттан көмүскэнэр, ол аата оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр айылҕабытын чөл хаалларар суоллары билиҥҥиттэн хайан бардахпытына эрэ кэнэҕэс тирээн кэлэр моһоллору үгүс хаана-бааһа, улахан ыйа-хайа суох ааһыахпыт. Оттон хойутаатахпытына — Куштаутааҕар ордук уустук, сытыы түгэннэр үүнүөхтэрин сөп.
Еще нет аккаунта?