Бүгүн төрөөбүтэ 131 сыла буолбут Платон Алексеевич Ойуунускайы билбэт саха суох. Кини — төлөннөөх революционер, саха сэбиэскэй литературатын
төрүттээччи, Саха АССРы төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, Саха сиригэр үөрэх,
наука атаҕар туруутугар олук уурбут салайааччы, учуонай… Бу маннык өссө да
элбэҕи уһуннук ааҕа туруохха, кини туһунан үгүһү, киһи сөҕөрүн, соһуйарын, киэн
туттарын, хараастарын даҕаны, кэпсиэххэ сөп.
Оттон кини биир, киэҥ эйгэҕэ улаханнык иһиллэ илик
өрүтүн — сахалыы ааттааныыны саҕалааччылартан биирдэстэрэ буоларын билээччи
соччо элбэҕэ суох быһыылаах. Ол курдук кини төрөппүт кыргыттарын Саргылаана
уонна Сардаана диэн ааттаабытынан муҥурдаммакка, аймахтарын оҕолоругар эмиэ сахалыы
ааттары иҥэртэрбитэ: Дьулустаан, Саргылаан, Ньургустана, Солбуйар (дьикти аат дии),
Айгылаана, Ньургун, Айталина…
Аны тус бэйэтэ Ойуунускай диэн араспаанньаны (псевдонимы
буолбатах!) ылыммытын туһунан бэрт кылгастык сэгэттэххэ, маннык: докумуоннартан
көстөрүнэн, кини 1920 сыл бүтүөр диэри «Слепцов» диэн илии баттыы сылдьыбыт эбит.
Онтон икки сыл кэриҥэ кэмҥэ «Слепцов-Ойунский» диэн баттаабыт. Дьэ онтон 1922
сыл бүтүүтүттэн ыла «Ойунский» (сахалыы барыйаана «Ойуунускай») диэн
араспаанньанан илии баттыыр буолбут.
Ити курдук улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай биһиги билигин
саҥа тэнитэ, тарҕата сатыы сылдьар көстүүбүтүн — саха киһитэ сахалыы ааттаныытын
саҕалаан оччотооҕу уустук кэмҥэ гражданскай хорсун быһыыны оҥорбутун билиэх
тустаахпыт.
Еще нет аккаунта?