Мин оҕо сааспын санаатахпына ардыгар уйадыйабын. Ити ордук күндү киһим, аҕам барыаҕыттан эбитэ дуу…Кини баарына үчүгэй да этэ. Ийэлээх аҕам үөрэ-көтө, өрүү сүбэлээн-амалаан, көмөлөһөн, өйөөн олохпут тигинээн олороро. Оҕо эрдэххэ, саҥа дьыл сүпсүлгэнэ ураты буолара. Ол барыта ыраах, дойдум халыҥ хаарын анныгар саһан, билигин да кистэнэ сытарын курдук саныыбын. Оттон саҥа дьылга мин, ийэ киһи, оҕолорбор тэрийиэхтээх буоллаҕым оннук сырдык өйдөбүлү. Дьэ ону иҥэринээри, оҕо өйүгэр сырдыгы иитиэхтээри уһаныы, уруһуй уонна кинигэ ааҕыы биһи дьиэ кэргэн сүрүн дьарыга буола сылдьар. Баара суоҕа күҥҥэ 40 мүнүүтэни бу үөрүүгэ аныыбыт. Оҕолор да астыналлар, төрөппүт да сүрэҕин төлөнүттэн бэрсибит курдук сананар.
Еще нет аккаунта?